Конспект урока «Применение глагола в значении имени прилагательного» по русскому языку для 4 класса
Урок в 4 классе по родному языку в якутской школе . Тема урока “Применение глагола в значении имени прилагательного”. Тип урока: открытие нового. Решаемая проблема: нахождение имени прилагательного выраженного глаголом.
Школа: Сатагайская СОШ, Амгинского района, Республики Саха (Якутия)
Учитель : Захарова Маргарита Тогоянична
Класс : 4
Предмет : Родной язык
Тиэмэ : Туохтуур даҕааһын аат суолтатыгар туттуллуута
Сыала : Туохтуур даҕааһын аат суолтатыгар туттуллуутун үөрэтии
Үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ :
Тустаах үөрэх биридимиэтин үөрэтии түмүгэ :
-
даҕааһын аат суолтатыгар туттуллубут туохтууру була, тутта үөрэнии;
-
тылы сайыннарыы.
Үөрэх сатабылларын сайыннарыы түмүгэ :
-
Бодоруһар сатабыл : уопсай уонна пааранан үлэҕэ таһаарыылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлиир.
-
Бэйэни салайынар – дьаһанар сатабыл : сыалы-соругу таба туруорунар, үлэтин түмүгүн сыаналанар.
-
Билэр – көрөр сатабыл : ситимнэһэр тыл көмөтүнэн туохтуур суолтатын быһаарар.
Ытык өйдөбүллэри иҥэрии түмүгэ :
-
бэйэ үлэтин уонна бэйэни хонтуруолланыы үөрүйэхтэрин иҥэрии;
-
төрөөбүт тылын барҕа баайын сыаналааһын.
Уруок тэрилэ :
Учууталга : рабочай программа, презентация, маркер, тыллаах карточкалар
Оҕолорго : үөрэнэр кинигэ, карточкалар, тэтэрээт, илиистэр
Уруок хаамыыта :
1. Тэрээһин чааһа.
У. – Үтүө күнүнэн. ( бэйэни кытта билиһиннэрии )
Слайд 1. Саха тыла
У. – Тэтэрээттэрбитин үлэлииргэ бэлэмниэхэйиҥ.
2. Сүрүн билиилэрин хатылааһын.
Слайд 2.
1) Саҥа чаастарынан наардааҥ
2) дьиэ, турда, тэллэй, улахан, чэпчэки, куттанар, кыһын, айанныыллар, хара
У. – Ханнык саҥа чаастарын билэҕитий?
О. – Аат тыл, даҕааһын аат, туохтуур
У. – Аат тыл диэн тугуй? Ханнык ыйытыыларга эппиэттиирий? ( Даҕааһын аата? Туохтуур? )
( оҕолор саҥа чаастарын быһаарыыларын этэллэр)
У. – Билигин бөлөҕүнэн үлэлиэхпит. Бастакы бөлөхтөр мантан аат тыллары булан суруйуоххут, иккис бөлөхтөр – даҕааһын ааттары, үһүс бөлөхтөр – туохтуурдары.
( оҕолор бөлөҕүнэн үлэлэрэ )
Бэрэбиэркэ: тылынан
3. Уруок сыалын таһаарыы.
Слайд 3.
-
Ханнык саҥа чааһай?
-
ааҕар, алдьаммыт
У. – Бу ханнык саҥа чаастарай?
О. – Туохтуурдар
У. – Тоҕо туохтуурдар диэтигит?
( Оҕолор эппиэттэрэ. Эппиэттэрин дакаастааһыннара )
Слайд 3. 3) ааҕар оҕо
4) алдьаммыт иһит
У. – Бу тылларга ыйытыыта туруор. ( бэлиэтэммит тыллары ыйар )
О. – Хайдах?
У. – Ханнык саҥа чааһа буолла?
О. – Даҕааһын аат
У. – Бу уларыйыыны бүгүҥҥү уруокка көрүөхпүт. Уруок тематын таһааран көрүҥ.
Слайд 4. 1) Туохтуур даҕааһын аат суолтатыгар туттуллуута.
У. – Кинигэбитигэр 85 страницаны арыйан көрүөхэйиҥ.
( оҕолор кинигэттэн уруок тематын аатын ааҕаллар)
4. Уруок сыалын – соругун ситиһэргэ үлэни тэрийии.
1) Кинигэнэн үлэ.
Слайд 4. 2) с. 86 эрчиллии 2
- Сорудаҕы ааҕан быһаарсыы
т
Д
Ынахпыт төрөөбүт. төрөөбүт буорум
Ырыалар айыллыбыт эбиттэр. айыллыбыт дойдум
Эһэбит сылайбыт. сылайбыт акка
Хараҕым саатар. Саатар сирэйэ суох.
Кыыс билэр. билэр күөлүм
У. – Тугу бэлиэтии көрдүҥ.
( оҕолор түмүк оҥоруулара )
Түмүк: Паара аайы бастакы этиилэргэ бэлиэтэммит тылбыт туохтуур буолар. Иккис этиилэргэ ол туохтуурбут даҕааһын аат суолтатыгар туттулунна.
2) Самостоятельнай үлэ
Слайд 5.
1) с. 87 эрчиллии 4
2) Д.а + А.т ситимин булан тэтэрээккэр суруй.
( оҕолор самостоятельнай үлэлэрэ )
- Бэрэбиэркэ пааранан үлэ быһыытынан барар.
Бэрэбиэркэ: Таптыыр куоскам, хаппыт сэбирдэхтэринэн, сүппүт уруучукабын, төрөөбүт алааспын, сөбүлүүр оонньуулара, алдьаммыт күрүөнү, ыалдьыбыт уолчааны.
( Оҕолор тэтэрээттэрин атастаһаллар. Тыллар ситимнэрин куолаан бэрэбиэркэлэнэллэр. Үлэлэри сыаналыыллар. )
3) Карточканан үлэ.
Слайд 6.
1) Бэриллибит туохтууру аат тылы кытта ситимнээ
2) Этиитэ толкуйдаа
Карточка. Тыллары сурааһынынан холботолоо
тохтубут үүт
сууйуллубут аан
сабыллыбыт оҕо
ыһыллыбыт от
күлбүт ньирэй
саҥа быкпыт сэбирдэх
оонньохолуур түннүк
( Оҕолор пааранан үлэлииллэр. Эрдэ бүппүт оҕолор этии толкуйдууллар. Бэрэбиэркэ слайд көмөтүнэн оноһуллар. Оҕолор тыллар ситимнэрэ сөп буоллаҕына ( + ) , сыыһа буоллаҕына ( - ) бэлиэнэн бэлиэтэнэллэр. )
Слайд 7. Бэрэбиэркэ: Тохтубут үүт, сууйуллубут түннүк, сабыллыбыт аан, ыһыллыбыт сэбирдэх, күлбүт оҕо, саҥа быкпыт от, оонньохолуур ньирэй.
4) Сынньалаҥ.
Слайд 8.
1) оонньуу «Тылла таһаар»
2) Салгынахсаананаскылааскайыымыы
( Оҕолор булбут тылларын дуоскаҕа тахсан бэлиэтээн иһэллэр. )
5) Хартыынанан үлэ.
Слайд 9. 1) Ойуу
У. - Хартыынаҕа тугу көрөҕүтүй?
( ойуу ис хоһоонунан айылҕаҕа сылдьыы быраабылаларын туһунан кэпсэтиһии )
Слайд 9. 2) 1.Туохтуур даҕааһын аат суолтатыгар туттуллуутугар тыл ситимин толкуйдаа
( Учуутал оҕолор толкуйдаабыт тылларын ситимин дуоскаҕа суруйан иһэр.
Холобур: тостубут лабаа, умайбыт мас, үүммүт тэллэй, быкпыт от, ыксаабыт оҕо, уолуйбут уол, көҕөрбүт тыа... )
Слайд 9. 3) . «Күөх тыаны харыстаа» диэн кэпсээннэ суруй
( Учуутал бу сорудах дьиэҕэ үлэҕэ бэриллэрин этэр. )
5. Уруок түмүгэ.
1) Саҥа тиэмэни өйдөөһүнү бэрэбиэркэлээһин
У. – Бу кумааҕы балаһаларыгар сорудахтар суруллубуттар. Ким сорудахтары оҥоро тахсыан баҕарарый?
Кумааҕы балаһатыгар тыл ситимнэрэ суруллан бэриллэллэр:
куттаммыт оҕо, үөрбүт оҕо, утуктаабыт оҕо, кыбыстыбыт оҕо
( Оҕо тахсан биир балаһаны талар уонна оҕолорго саҥарбакка эрэ хамсанан көрдөрөр. Оҕолор таайаллар )
У. – Даҕааһын аата?
( Оҕолор даҕааһын суолтатыгар туттуллубут даҕааһын ааты булаллар.)
2) Уруокка үлэни сыаналааһын, сыана туруоруута.
У. – Бүгүҥҥү уруок тиэмэтин ким өйдөөтө. Илиигитин уунан көрдөрүн эрэ. Хайдах тиэмэ эбитий? Ким хайдах үлэлээтэ?
( Учуутал оҕолор ааттарын этэр, атын оҕолор бэйэлэрин санааларын этэллэр уонна сыаналыыллар. )
3) Дьиэҕэ үлэни биэрии, быһаарыы.
У. – Дьиэҕэ үлэҕэ туох бэрилиннэ этэй?
О. - «Күөх тыаны харыстаа» диэн кэпсээн суруйуу.
У. – Толкуйдаабыт (суруйбут) тылларбыт ситимин өссө биирдэ ааҕан өйбүтүгэр хатыахайыҥ эрэ.
( Дуоскаҕа суруллубут тыллар ситимнэрин бары бииргэ ааҕаллар.)
У. – Бу тыл ситимнэрин туттаргытын умнумаарын.
У. - Көрсүөххэ диэри.
Здесь представлен конспект к уроку на тему «Применение глагола в значении имени прилагательного», который Вы можете бесплатно скачать на нашем сайте. Предмет конспекта: Русский язык (4 класс). Также здесь Вы можете найти дополнительные учебные материалы и презентации по данной теме, используя которые, Вы сможете еще больше заинтересовать аудиторию и преподнести еще больше полезной информации.